«Семен Петрович Данилов айымньыларын оҕоҕо үөрэтиигэ мнемотаблицалары туттуу»
Август 2023 г.
Егорова Надежда Александровна
«Колокольчик» оҕону сайыннарар киин
иитээччитэ
___
Ис тутула:
Киириитэ
- О5о тылын сайыннарыы сыала, соруктара…………………………….
- Оҕо тылын сайыннарыыга улахан киһи оруола……………………………….
2.1. Мнемотехника-о5о тылын сайыннарыыга ньыма……………………………
2.2. С.П.Данилов айымньыларын оҕоҕо билиһиннэрии………………………..
Түмүк
Туһаныллыбыт литература……………………………………………………………..
Киирии тыл.
«Ийэ тыл диэн оҕо төрүт өйүн, туох баар дьоҕурун, удьуор тыынын арыйар күлүүс буолар» – диэн норуот педагогикатын утумнаахтык үөрэтэр, дьарыктанар учуонай Галина Семеновна Попова – Санаайа этэр. Күлүүһэ суох хатыылаах ааны кыайан аспаккын, онон ийэ тылын билбэт оҕо майгыта, өйө, дууһата эмиэ хатааьыннаах аан курдук, онно ким да сатаан киирбэт.
Саха оҕото кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт буоруттан силис тардан, норуотун тылын барҕа баайын, өбүгэтин үтүө үгэһин этигэр иҥэринэн, амарах сүрэҕин, мындыр өйүн, уран тарбаҕын утумнаан, сахалыы куттаах – сүрдээх дьоһуннаах киһи буола улаатара билиҥҥи кэм ирдэбилэ буолла. Омук быһыытынан төрөөбүт ийэ тылбытыгар интэриэс үрдээтэ. Билиҥҥи төрөппүттэр оҕолоро лоп – бааччы ситимнээн, бэйэлэрин санааларын сааһылаан саҥарар буолалларыгар баҕалара улахан, ол гынан баран оҕо саҥарар саҥата күн – түүн мөлтөөн иһэрэ киһини долгутар.
Билиҥҥи кэмҥэ саха оҕолоро ийэ тылларын билбэккэ улаатан, бэйэлэрин сахалыы өйдөрун –санааларын , быһыыларын –майгыларын улам сүтэрэн иһэллэр. Сахалыы да, нууччалыы да булкуйан саҥарар оҕо оннооҕор тыаларга элбэх буолбут. Кэлиҥҥи кэмҥэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах о5олор дорҕоону чуолкайдык саҥарбат, санааларын сатаан сааһылаан кэпсээбэт, боппуруоска толору эппиэти сатаан биэрбэт буолбуттара элбэх тереппүтү да, иитээччини да дьиксиннэрэр буолуохтаах. Билиҥҥи цифровизация уйэтигэр оҕо тылын сайдыыта телевизор, интернет «керүүтүнэн» муҥурданар, төрөппут дьиэҕэ оҕону кытта бириэмэ булан кэпсэппэтиттэн эмиэ буолуон соп.
Оҕо тылын сайыннарыы сыала, соруктара.
Оҕо төрөөбүт ийэ тылынан көҥүл саҥаран, бэйэтин саастыылаахтарын уонна дьон – сэргэ иннигэр толлубакка – симиттибэккэ санаатын сааһылаан этэ үөрэниэхтээх, оччоҕо кини ситимнээх, ылыннарыылаах саҥата, бодоруһар сатабыла сайдар, билиигэ – көрүүгэ тардыһыыта уһуктар, дьоҥҥо – сэргэҕэ сиэрдээхтик сыһыаннаһарга иитиллэр.
2020 сыллаахха тахсыбыт «Кустук» оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин бырагырааматыгар оҕо тылын сайыннарыыга тылы байытыы, чуолкайдык саҥарарга үөрэтии, тыл грамматическай форматын таба тутуһан саҥарарга үөрэтии, ситимнээх саҥаны сайыннарыы, оҕоҕо тыл уонна саҥарар саҥа маҥнайгы өйдөбүллэрин тиэрдии, уус-уран айымньыны билиһиннэрии диэн чопчу сыал-сорук туруоруллубут.
Ол курдук, 3-4 саастаах оҕо- Аат тылы (сибэкки), даҕааһын ааты(араҕас сибэкки), түһүктэр формаларын (сибэккини, сибэккинэн, сибэккитээҕэр), туохтуурдар сирэйдэринэн уларыйар сыһыарыыларын(сүүрдэ, сүүрдүм, сүүрдүлэр), ахсаан ааттары (икки сибэкки), сорох сыһыаттары (эрдэ, соруйан), элбэх ахсааны, буолбат форманы (үүммэт, кэлбэт) ссыспакка туттар. Эттиктэри, хартыынаны, ойууну, тыынар тыыннааҕы, мультфильмы, остуоруйаны көрбүтүн туһунан кэпсиир. Иитээччини кытта кэпсэтиигэ болҕойон истэр, ыйытыыга сөпкө хоруйдуур, улахан киһини быһа түспэккэ холкутук саҥарар. Эйэҕэс тыллары санатыыта суох туттар. Дьону кытта үтүө санаалаахтык кэпсэтэр.
Таҥас арааһын, иһити-хомуоһу, дьиэ малын, көлө көрүҥүн арааһын ааттыыр, аналын чуолкайдык билэр, ааттыыр (остуолга аһыыллар, ороҥҥо утуйаллар). Эттик чаастарын (сон сиэҕэ, остуол атаҕа), өҥүн,быһыытын, кээмэйин, туохтан оҥоһуллубутун, ханна турарын ааттыыр.
Уус-уран айымньыны сэҥээрэр, ис хоһоонун таба өйдүүр, ыйытыыларга сөпкө хоруйдуур,кылгас хоһооннору өйүттэн ааҕар.
4-5 саастаах оҕо- Аат тылы, даҕааһын ааты, түһүктэр формаларын, туохтуурдар сирэйдэринэн уларыйар сыһыарыыларын, ахсаан ааттары, сорох сыһыаттары, элбэх ахсааны, буолбат форманы сыыспакка туттар. Биир уустаах, холбуу этиини оҥорор. Аат тылы туохтууру кытта сөпкө ситимниир, кэлэр кэмнээх туохтуур араастаан туттуллуутун билсэр (Турдарбын халлааҥҥа тиийиэм). Сыһыат туохтууру туттар (утуйа сытар), биир уустаах (мин сөбүлүүр оонньуурдарым массыына, мээчик уонна Лего) уонна холбуу этиини (сибэкки буора хаппыт, ол иьин уу кутабын) оҥорор. Сэһэргэһиигэ кыттыһар, ыйытыыга сөпкө хоруйдуур, ыйытар. Эттиги, хартыынаны ойуулуур, истибит остуоруйатыттан быһа тардан кэпсиир.
Эттик туохтан оҥоһуллубутун матырыйаалын, хаачытыбатын уонна уратытын (сымнаҕас, кытаанах, хатыылаах, алдьанар), аналын уратыларын көрдөрөр тыллары салгыы билсэр, иҥэринэр. Олоҕор сыһыана суох, кини күннэтэ олох чугастык көрсубэт эттиктэрин, көстүүлэрин, харамайдарын билсэр. Идэни ааттыыр уонна үлэни көрдөрөр тыллары туттар. Эттик турар сирин быһаара уонна ааттыы үөрэнэр, суукка чаастарын ааттыыр. Утары суолталаах , суолталарынан биир эбэтэр чугас тыллары туттар.
Уус-уран айымньыны сэҥээрэр, ис хоһоонун таба өйдүүр, ыйытыыларга сөпкө хоруйдуур, ааптар тылын-өһүн туһанан бэйэтин тылынан кэпсиир, хоһоону дорҕоонноохтук өйүттэн ааҕар.
5-6 саастаах оҕо- Ситим тыллаах холбуу этиини оҥорор (таһырдьа тымныы, ол иһин халыҥнык таҥнабыт). Тэҥниир тыллары туттар (ат курдук түргэнник сүүрэр, маҥан хаардыы сырдык). Бириэмэ суолталаах баһылатыылаах холбуу этиини оҥорор (сайын буоллаҕына, сибэкки бөҕө үүнүөҕэ).Туохтууру кэминэн уларытар (оскуолаҕа үөрэниэм, уруһуйдаарыбын кумааҕы ыллым, саппыкыбын кэтииһибин…). Кыбытык тыллары (мин көрдөхпүнэ,тоҕо диэтэххэ) туттар. Сэһэргэһиигэ кыттыһар, бэйэтин санаатын этэр.Кэпсиир саҥата сайдыбыт. Кылгас кэпсээни, остуоруйаны хомоҕойдук кэпсиир, эттик, хартыына ойуутун туһунан холобурга олоҕуран кэпсиир. Бэйэтин олоҕор буолбут түгэни ойуулаан кэпсиир. Билэр остуоруйатыгар атын түмүгү айан кэпсиир. Бэриллибит тиэмэҕэ кэпсээн айар.
Эттик аналынан, оҥоһуллубу матырыйаалынан көрөн бөлөхтүүр тыллары туттар.
Уус-уран айымньыттан үтүөнү-куһаҕаны ырыҥалаан билэр, айымньы сүрүн дьоруойдарын таба сыаналыыр,бэйэтин санаатын, сыһыанын этэр. Айымньы сүрүн көрүҥнэрин остуоруйа, кэпсээн, хоһоон диэн араарар. Сорох айымньы ис хоһоонун ааптар тылын-өһүн туһанан бэйэтин тылынан кэпсиир, ыйытыыларга хоруйдуур, хоһоону дорҕоонноохтук ааҕар.
6-7 саастаах оҕо-Тылга сыһыарыы эбэн араас тылы оҥорор (отон, отонньут, отоннуур). Икки тылы холбоон саҥа тылы таһаарар (оҕуруот аһа, утуйар таҥас). Тылга сыһыарыы эбэн араас тылы оҥорор, туттар. Уус-уран ойуулуур, дьүҕүннүүр тыллары туттар (күлүмүрдэс хаар, дьэҥкир уу, тэлибирэс сэбирдэх). Санааны чуолкайдык этэр тылы көрдүүр,булар, уустаан-ураннаан бэргэн, хомоҕой тыллары туттар (тигиниир, сыбдыйар). Кэпсэтэр уонна кэпсиир саҥата сайдыбыт. Улахан киһини уонна оҕолору кытта эйэҕэстик, сиэрдээхтик кэпсэтэр. Айымньы ис хоһоонун уус-ураннык, хомоҕойдук тириэрдэр, оонньоон көрдөрөр. Кылгас кэпсээни, остуоруйаны, эттиги,хартыынаны хомоҕойдук ойуулуур. Кэпсээни былаанныыр уонна былааны тутуһан кэпсээн оҥорор. Бэйэтин олоҕор буолбут түгэни ойуулаан кэпсиир. Билэр остуоруйатыгар атын түмүгү айар.
Эттик өҥүн-дьүһүнүн,быһыытын-таһаатын, хаачыстыбатын уонна уратытын, матырыйаалын быһаарар уонна бөлөхтүүр, бөлөхтөрү наардыыр, араартыыр суолталаах тыллары билэр.
Уус-уран айымньыттан үтүөнү-куһаҕаны ырыҥалаан билэр, айымньы сүрүн дьоруойдарын таба сыаналыыр, бэйэтин санаатын, сыһыанын этэр. Айымньы сүрүн көрүҥнэрин остуоруйа, кэпсээн, хоһоон диэн араарар. Сорох айымньы ис хоһоонун ааптар тылын-өһүн туһанан бэйэтин тылынан кэпсиир, ыйытыыларга хоруйдуур, хоһоону дорҕоонноохтук ааҕар.
- Оҕо тылланыытыгар улахан киһи оруола
Хас биирдии оҕо оскуолаҕа киирэригэр билиилээх-көрүүлээх, тобуллаҕас толкуйдаах, тыла-өһө сайдыбыт, хомоҕой тыллаах буолара ирдэнэр. Оҕо киэҥ билиилээх буолара саҥата сайдыытыттан тутулуктаах, ол иһин оҕо оскуолаҕа киирэригэр сацарар сацатыгар, кэпсэтэр дьоҕуругар улахан болҕомто ууруллуохтаах. Сатаан чуолкайдык саҥарбат оҕо кэпсэтэригэр олус эрэйдэнэр, оҕолору кытта өйдөспөт. Оҕону чуолкайдык саҥарарга бириэмэтин аһарбакка, саҥарар аппарата сайдар кэмигэр үөрэтэргэ чэпчэки.
Оҕо тыла сайдыытыгар төрөппүт улахан оруолу ылар. Ол курдук дьиэ кэргэҥҥэ төрөппүт оҕотун кытта уу-сахалыы ирэ-хоро кэпсэтэр, санаатын, кыһалҕатын үллэстэр тугэнигэр оҕо төрөөбүт тылын төрдүн илдьэ сылдьар туруктаах. Маны таһынан оҕоҕо остуоруйалары, хоһооннору элбэхтик кэпсиир, ааҕар төрөппүт оҕото тылын саппааһа баай, оҥорон көрөр дьоҕура сайдыбыт буолар. Маны биһиги-иитээччилэр төрөппүккэ өйдөтүөх, тириэрдиэх тустаахпыт.
Уһуйааҥҥа оҕо өйүн-санаатын, тылын-өһүн сайыннарар үлэ үгүс өрүттээх. Олортон биир саамай боччумнаахтара-төрөөбүт тылынан ситимнээх саҥаны сайыннарыы. Ситимнээх саҥаны сайыннарар үлэни тэрийэргэ ТООЧИ научнай үлэһитэ, Аммосова Варвара Васильевна наһаа оруннаах сүбэлэри биэрэр:
-Дьарыкка оҕо үгүстүк саҥарар эйгэтин тэрийии (Иитээччи оҕоҕо чугас түгэни иһитиннэрэн, көрдөрөр-иһитиннэрэр матырыйаалы туһанан, оҕо кэпсэтэр, ырытыһар көҕүн уһугуннарар. Оҕо кэпсээнин сэргээн-биһирээн, сөҕөн-махтайан истиҥ кэпсэтии эйгэтин олохтуур).
-Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин сайыннарсар түгэннэрин тэрийии (Иитээччи кыра-кыра бөлөҕүнэн үлэни тэрийэн, оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһүүлэрин, сүбэлэһиилэрин көҕүлүүр).
-Оҕо сөбүлүүр дьарыгын быыһыгар ситимнээх саҥатын сайыннарыы (Дьарык оҕо доруобуйатын харыстыыр сыаллаах оонньуу, үлэ, кэтээн көрүү, чинчийии кэмигэр ыытыллар. Оҕо үлэ былаанын, хаамыытын, түмүгүн быһаарар , кэпсиир).
-Тыл оонньууларын кэмиттэн кэмигэр туһаныы (Тыл оонньууларын иитээччи хас дьарык аайы тэрийэн, оҕолор тылларын-өстөрүн сайыннарар, эрчийэр. Онуоха оонньууну оонньуу курдук күрэхтэһиннэрэн, саҥардан-иҥэрдэн, хамсатан-имсэтэн көҥүллүк ыытара ордук).
-Оҕо тылын-өһүн күн устата утумнаахтык сайыннарыы (Иитээччи суунуу-тарааныы, оонньуу, үлэ, дьаарбайыы кэмигэр оҕолор кэпсэтиилэрин ис хоһоонун сайыннарар, дьарык кэмигэр ылбыт билиилэрин хатылыыр, хаҥатар).
- Мнемотехника- о5о тылын сайыннарыыга ньыма.
Константин Дмитриевич Ушинскай оҕоҕо ойууну, хартыынаны көрдөрөн түргэнник өйдөтүөххүт диэн ис хоһоонноох этиитин бу ньыманы туттарбар наһаа да оруннаах этии эбит дии саныыбын.
Мнемотехника- (гр.тыл mnemonikon-өйгө тутуу искусствота)- араас анал ньымалар көмөлөрүнэн өйдөөһүн, өйгө тутуу уонна ону санааһын. Мнемотехника уһуйааҥҥа туттуллар ньымата- мнемотаблица оцоруу буолар, ол эбэтэр өйгө тутар дьоҕуру сайыннараары кэрчик этиилэри, тыллары бэрээдэгинэн уруһуйдаан айымньыны оҕоҕо түргэнник тэрдии ньымата буолар.
Мнемотехника ньыматын оҕоҕо туох эмит саҥа информацияны өйдүүрүгэр уонна түргэнник өйүгэр хатыырыгар туттуохха сеп (мнемоквадраттар, мнемодорожки, мнемотаблицалар).
Бу ньыма ситимнээх саҥаны сайыннарыыга кэпсэтэр уонна кэпсиир үөруйэхтэри сайыннарыыга олус туһалаах.. Ол түмүгэр оҕо өйгө тутар дьоҕура сайдар уонна кини сааһылаан кэпсииргэ үөрэнэр.
Мнемотаблица диэн схема көмөтүнэн чопчу иһитиннэрии, билиьиннэрии буолар. Хас биирдии тылга, этиигэ уруһуй толкуйданар, ол уруһуй көмөтүнэн кэпсээн, хоһоон өйгө түргэнник киирэр. Ону көрөн оҕо түргэнник өйүгэр тутар, оҥорон көрөр, өйдөөн хаалар дьоҕура сайдар. Тылтан тылы холбоон, этии оҥорон, ситимнээх саҥата сайдар.
Айымньыны үөрэтии этаптара:
-айымньыны иитээччи уустаан-ураннаан ааҕыыта
-айымньыны өйтөн кэпсииргэ үөрэнэбит диэн оҕолорго тиэрдии
-айымньы ис хоһоонун, уопсай өйдөбүлүн хайдах өйдөөбүттэрин билээри боппуруос биэрии
-оҕолорго билбэт тылларын быһаарыы
-биирдии этиинэн ааҕан иһитиннэрии, ону оҕолор мнемотаблица көмөтүнэн хатылыыллар
-оҕо мнемотаблица көмөтүнэн айымньыны кэпсиир, өйтөн ааҕар.
Мнемотаблицалары туһаныы ньымалара:
1.Мнемотаблицаны көрөн ханнык айымньы буоларын таай.
2.Айымньыны ис хоһоонун сааһылаан кэпсээ (мнемоквадраттары сааьылаан)
- Сааһылаан хоһоону өйтөн аа5арга холонон көр (таблицаны кырыйан ойууларын ыһан кэбиһиэххэ сеп).
- Талбыт айымньыгар бэйэҥ мнемотаблицата толкуйдаа.
2.2. С.П.Данилов айымньыларын оҕоҕо билиһиннэрии.
Чөмчуук саас – оҕо барыны бары сэҥээрэр, түргэнник ылынар кэмэ, онон бу кэми куоттарбакка төрөөбүт ийэ тылын – өһүн, сүөгэйин – сүмэтин оҕоҕо бу сааьыгар иҥэриэхтээхпит.
Бу соруктары ситиһэргэ биьиги поэттарбыт, суруйааччыларбыт айымньылара, норуот остуоруйалара, фольклор керуҥнэрэ, араас дидактическай оонньуулар төһуу күүс буолаллар.
Ольга Ивановна Соловьева, Надежда Сергеевна Карпинская уо.д.а. оҕоҕо уус-уран айымньылары туохха олоҕуран, хайдах талан-сүүмэрдээн киллэрэри бэйэлэрин үлэлэригэр арыйбыттара.
Ол курдук:
-уус-уран айымньы бэйэтин сүрүн идеятын оҕону иитиигэ сөп түбэһиэхтээх.
-айымньы ис хоһооно оҕо сааһыгар, уйулҕатын сайдыытын уратыларыгар сөп түбэһиэхтээх,
-айымньы ис хоһооно оҕоҕо өйдөнүмтүө, тиийимтиэ буолуохтаах,
-судургу, уус-уран, литературнай тылынан суруллубут буолуохтаах.
Мин керуубунэн бу ирдэбиллэргэ Семен Петрович Данилов о5олорго анаан суруйбут остуоруйалара, хоһоонноро сеп тубэһэр диэн сыаналыыбын уонна кини айымньыларын оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго билиьиннэриигэ мнемотаблицалары туьанан интэриэһи тардыахха сеп, маны тэҥэ поэт хоһооннорун өйтөн аа5ыыга кэбэҕэстик үөрэтиигэ иитээччилэргэ, тереппуттэргэ кеме буолуо диэн дидактическай матырыйаал бэлэмнээтим.
Оҕо уонна иитээччи, оҕо уонна төрөппүт бииргэ куолаан С.П.Данилов айымньыларыгар айбыт мнемотаблицаларын күннээҕи иитэр-үөрэтэр үлэҕэ киллэриэххэ сеп.
Семен Петрович Данилов айымньылара оҕолорго тиийимтиэ, судургу тылларынан суруллубуттар уонна иитэр-үөрэтэр өрүттэрэ олус элбэх. Ол курдук айымньылары наардаан кердеххе айымньыларга төрөөбүт дойдубут кыыларын, көтөрдөрун киэҥник билиһиннэрэр хоһооннор бааллар: “Чыычаах”, “Тииҥ”, «Солоҥдо”, “Хабдьы”, “Куобах оҕолорун туһунан остуоруйа”, “Үрүмэччи”, “Күөрэгэй”, “Куттас куобах”, “Албын саһыл”, “Чооруостар”, “Балык уола балыкчаан”, “Уу кыыьа”.
Айылҕа уонна айылҕа көстуулэрин хомоҕойдук ойуулаабыт хоһооннордоох: “Дьыл оҕуһа”, “Күн күлэр”, “Сайыҥҥы”, “Күһүн”, “Отчуттар”, “Ардах”, “Саас”.
Сиэр-майгы өрүттэрин көрдөрбүт айымньылардаах: «Баҕа уонна күтэр”, “Хоргус оҕо”, “Кымырдаҕас бухатыыр”, “Саалаах куобах”, “Чанчарык сахсырҕа”, “Акаары”, “Куоратчыт”, “Ытанньах”, “Сымыйаччы” уо.д.а
Түмүк
Бэлэмнээбит дидактическай матырыйаалым төрөппүтү кытта үлэҕэ олус көдьүүстээх буолуон сөп. Ол курдук төрөппүт оҕотун кытта хоһоон үөрэтэригэр көмө ньыма буолуон сөп. Маны таһынан иитэр-үөрэтэр үлэҕэ Семен Петрович Данилов кинигэлэрин выставкатын тэрийии, поэт туһунан кэпсэтии, билиһиннэрии литературнай биэчэрдэри, викториналары тэрийии, музей-галереяҕа сылдьыы, хоһооннору үөрэтии, хоһоон ааҕыы күрэхтэригэр кыттыы, төрөппүт уонна оҕо сүбэлэрин холбоон биир эмит Семен Петрович Данилов айымньытыгар мнемотаблица оҥорон холонуохтарын сөп..
-Оҕо Семен Петрович Данилов айымньыларын билэр, ис хоһоонун өйдуур, сатаан ырытар кыахтанар.
-Оскуолаҕа киирэригэр оҕо бэйэтин санаатын сааһылаан этэр, тыл хомоҕойун, кэрэтин сааһыгар дьүөрэлээн туттарга үөрэнэр.
-Айымньыларга баар тыл культуратын күннээ5и олоҕор туһанар ,тулалыыр эйгэҕэ сиэрдээх сыһыаннаах, үтүө майгылаах буола улаатар.
-Төрөөбүт төрүт тылыгар ытыктабылы кыра сааһыттан иҥэринэн, саха буоларыттан киэн тутта улаатыахтаах.
Туһаныллыбыт литература:
- Егорова А.А., Захарова М.П. Кэскил-Дьокуускай, 1998.
- Каратаев И.И. О5ону чуолкайдык санарарга уорэтии уонна грамота5а уорэнэргэ бэлэмнээһин-Дьокуускай, 2019с.
3.Кондакова У.Ф., Тыл оонньуута; Дьокуускай, Бичик, 2002 с.
4.»Кустук» оскуола иннинээ5и үөрэхтээһин бырагырааммата/ Т.И.Никифорова, Л.В Попова, А.А.Скрябина. Дьокуускай 2020-132с.-(Саха уһуйаана).
- Тосхол. Национальнай оҕо тэрилтэтин базовай программата. Дьокуускай, 2009с.
- Чөмчүүк саас № 1(28) 2013 Тохсунньу-Кулун тутар 43стр.
- Чөмчүүк саас №1 Январь-март 2006 37стр.
- Чөмчүүк саас №2 (18) 2010 Муус устар-июнь 46 стр.